Олох, общество тутулун сайдыыта, государство политиката, идеологията барыта үөрэхтээһин эйгэтигэр, оҕону иитиигэ -үөрэтиигэ улахансабыдыаллаах. Уол оҕону уонна кыыс о5ону арааран, тус - туспа тутан үөрэтии ааспыт үйэҕэ ыраахтааҕылаах Россияҕа баара уонна маннык уолу, кыыһы арааран үөрэтии бэйэтин кэмигэр үчүгэй өрүттэрин көрдөрбүтэ. Советскай былаас кэмигэр бүттүүн үөрэхтээһин киирэн уол да, кыыс да бары бииргэ үөрэнэр буолбуттара.
Билинни кэмнэ уолу уонна кыыһы арааран, туспа үөрэтии–иитии боппуруоһа көтөҕүллүбүт сүрүн төрүөтунэн уол оҕо кыра сааhыттан кыыска сабырыйтаран, ис кыаҕын арыйбакка - туһаммакка улаатан, обществоҕа тус бэйэтин көрдөрбөкке хаалара буолар (уерэххэ, олимпиада, урдук уерэххэ киирии, техническэй специальностарга уерэнии, улэтэ суох буолуу, эр киьи оруола). Онтон сиэттэрэн билинни олоххо эр киһи оруола намтаабыта бүтүн норуот сайдыытыгар улахан охсууну онорор.
Ол иһин Уус-Алдан улууһун инники кэскилин өйдөөн, уол оҕо сайдар суолун тобулан 1994 сыллаахха Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара Саха сиригэр аан бастакынан уол оҕону туспа тутан иитэр- үөрэтэр үөрэх кыһатын быhыытынан аһыллыбыта.
Уус-Алдан кытыы нэһилиэктэрин оскуолаларыттан,араас улуустартан, уолаттары эрэ үөрэтэр-иитэр ураты эйгэлээх, дириӊэтэн үөрэтэр физико-математическай хайысхалаах гимназияҕа үөрэнэ кэлбит уолаттар үөрэнэр усулуобуйаларын тэрийээри 50 миэстэлээх интернат аһыллыбыта. Араас эйгэлээх дьиэ-кэргэнтэн интернакка түмсүбүт уолаттары иитэр - сайыннарар биир кэлим эйгэни тэрийии- интернат коллективын улэтин сурун сыала - соруга. Уол оҕону туспа тутан иитиигэ оччолорго үлэ опыта суоҕа, ол иһин республикаҕа киэӊник биллибит «Эркээйи» оӊкул уонна норуот педагогикатыгар, бэйэбит үлэбит опытыгар олоҕуран «Уол оҕону иитии уонна олоххо бэлэмнээһин» - диэн интернат сэбиэдиссэйэ Иванова Г.Н. 1997 сыллаахха оӊорбут оӊкулунан үлэлээн кэллибит.
Интернакка уол V кылаастан XI кылааһы бүтэриэр диэри 7 сыл устата олорор, онон оҕо сааһын биир улахан кэрдиис кэмэ интернакка ааһар. Бу кэм устатыгар о5о дьиэ-уот үлэтиттэн, дьиэ кэргэн, аймах - билэ дьон куннээ5и олохторун тубугуттэн тэйэрин тереппуттэр, педагогтар бэлиэтииллэр.